Олонхо педагогикатыгар оло5уран уруок таhынан иитиини уонна сайыннарыыны суруннуур былаан
1-4 кылаас
Салайааччы: Николаева М.Д.
2012-2013 уерэх дьыла
Быhаарыы сурук
Олонхо ытык ейдебулэ
Олонхо саха норуотун уйэттэн уйэ5э харыстаан илдьэ кэлбит ытык ейдебуллэрин сенердубут айымньы буолар. Олор манныктар: Олох. Киhи-аймах бастын сыаннаhа олох буоларын айыы айма5а уонна абааhы бииhэ утарыта турар ейдебулунэн толороллор. Ону кинилэр охсуhар теруеттэрэ кердерер. Киhи - айыы киhитэ. Хас биирдии киhи айыылартан теруттээх, айыылартан алгыстаах. Ону о5о5о теруе5уттэн инэрэллэр.
Олонхо ейдебулунэн, хас о5олонор дьахтарга Айыыhыт Хотун уна илиитигэр уол о5о сурэ - ох саа, кыыс о5о сурэ - кыптыый тутуурдаах кэлэр уонна о5о5о кут-сур инэрэр, аат биэрэр, инникитин утуе олоххо алгыыр.
Сурун сыала: кыра кылаас о5отугар олонхо педагогигатынан киhилии киhи хаачыстыбаларын олохсутуу, о5о куннээ5и оло5ор олонхоттон ылбыт билиитин туhанарын ситиhии, онон этнокультурнай компетенциятын олохтооhун.
Соруктара
- олонхо педагогикатын киэн эйгэ5э киллэрии, уерэх-иитии улэтин хас биирдии кыттааччыта билиитин-керуутун олоххо туhанар усулуобуйаларын олохтооhун.
- саха героическай эпоhыгар олонхо5о хоhуллар дирин билиилэр (сиэрдээх майгы, куйаар киэлитэ, оло5у анаарыы о.д.а) уерэнээччигэ аан дойду туhунан кэлим ейдэбул олохсуйарыгар тирэх буоларын ситиhии, онуоха о5о ис кыахтарын уhугуннарыы.
- олонхо педагогиката о5о омугар сеп тубэhэр ейун-санаатын кедьуустээхтик хааччыйарын ситиhии.
- уерэнээччи олонхо педагогикатыгар ылбыт билиилэрин инэринэн утуену айар-онорор ба5атын уhугуннарыы, олоххо кехтеех буоларын ситиhии.
- о5о олонхоттон билбитин сааhыланарыгар, олоххо туhанарыгар, дьонно тар5атарыгар эппиэтинэстээх буоларыгар иитии-такайыы.
"Олонхо дойдута" куурус бырагыраамата
Улэ былаана
1 кылаас. Олонхо сирэ-уота, дьоно-сэргэтэ. 33 чаас
-
Темалара:
- Саха Норуотун терут оло5о-дьаhа5а, быстыбат ситимэ.
- Дьарыга, туттар тэрилэ.
- Норуот сиэрэ-туома, итэ5элэ.
- Норуот чулуулара: муударай мындыр ей, уран тарбахтаахтара, куустээхтэрэ, быhыйдара, талааннаахтара…
- Ыhыах: курэх, оонньуу, сэргэ, салама, дэйбиир уо.д.а ейдебуллэр.
- Чаппараах. Чаппараах анала, ойуута-мандара.
- Норуот тылынан уус-уран айымньылара: таабырын, ес хоhооно, чабыр5ах, оhуохай.
- Олонхо. Олонхо сурун ис хоhооно. Олонхо-аан дойду чулуу айымньыта. Олонхо-норуот киэн туттуута.
- Олонхоhут. Олонхоhут-талба талаан. Саха норуотун чулуу олонхоhуттара. Тереебут туелбэ олонхоhуттара.
- Ус дойду. Уеhээ орто аллараа дойду ейдебуллэрэ. Олонхо тылынан хоhуйуу, ол дойду олохтоохторо. (2 ч.)
- Уеhээ дойду. Олонхо уеhээ дойдутун туhунан ейдебул.
- Олохтоохторо.
- Алгыс тыла-еhе.
- Орто дойду. Олонхо орто дойдутун туhунан ейдебул. Орто дойду дьоно-сэргэтэ.
- Орто дойду кэрэтэ. Олонхо5о хоhуллар орто дойду уонна биhиги олорор дойдубут.
- Олорор дойдубут дьыл туерт кэмигэр. Айыл5аны хоhуйуу. (2ч.)
- Аллараа дойду. Олонхо5о аллараа дойду ейдебулэ.
- Аллараа дойду олохтоохторо. Аллараа дойду олохтоохторун сиэрэ-майгыта.
- Айыы дьоно. Айыы дьонун ейдебулэ.
- Олонхо5о ыал оло5о. А5а, ийэ, уол, кыыс.
- Айыы бухатыыра. Айыы бухатыырын тас керунэ. Айыы айма5ын, кун улууhун дьонугар дурда-хахха. Тереебут сирин-уотун кемускээччи.
- Саха уола уонна Айыы бухатыыра.
- Абааhы айма5а олорор сирэ-уота.
- Абааhы дьоно, абааhы бухатыыра. Абааhы бухатыырын майгыта. Сиэрэ суох быhыы охсуута.
- Олонхо5о кыыс о5о туhунан ейдебул. Айыыhыт кыыс о5о5о кут инэриитэ.
- О5о эрдэ5инээ5итэ.
- Олонхо5о уол о5о. Айыыhыт уол о5о5о кут инэриитэ.
- О5о эрдэ5инээ5итэ.
- Урун Уолан. Урун Уоланы хоhуйуу. Урун Уолан айыы кыыhын кемускээччи.
- Хатылааьын, чинэтии улэ.
- Тумук: 1 чаас.
2 кылаас. Аан дойду айыллыыта. (33 чаас)
- Ебугэлэрбит олохторо-дьаhахтара.
- Норуот дьарыга, итэ5элэ.
- Норуот чулуулара, ураты дьо5урдаахтара.
- Норуот сиэрэ-туома, итэ5элэ (алгыс, сугуруйуу, кердеhуу …)
- Ыhыах кэмэ; салама, чаппараах, сэргэ, дэйбиир.
- Ыhыах суолтата.
- Норуот терут ырыата-тойуга, музыката.
- Норуот тылынан ууус-уран айымньылара. (3 ч.)
- Олонхоhут.
- Олонхо ейдебулэ.
- Олонхо сурун ис хоhооно.
- Олонхо ус дойдута, сирэ-уота.
- Олонхо дойдутун олохтоохторо. (2 ч.)
- Омсолоох, биhирэмнээх геройдар.
- Айыы бухатыырын тас керунэ, ис дууhата.
- Абааhы бухатыыра, уодьуганнаах ейе-санаата.
- Олонхо тыла-еhе; ойуулуур-дьуhуннуур тыллар.
- Уус-уран тылынан хоhуйуу уонна сэhэргээhин.
- Киэн куйаар киэлитэ. Олонхо5о куйаар ейдебулэ. Олонхо уус-уран тыла. Наука5а куйаар ейдебулэ.
- Халлаан. Олонхо5о халлаан ейдебулэ. Уус-уран тылынан дьуhуйэн этии. Бэйэ куннээ5и оло5ун кытта дьуерэлэhиннэрии. Наука5а халлаан ейдебулун быhаарыы.
- Кун. Олонхо5о куну хоhуйуу. Кун ураты бэлиэлэрэ. Халлаан эттигэ - кун наука ейдебулунэн.
- Былыт. Былыт араас керунэ. Олонхо5о былыты ойуулааhын. Былыты уус-уран хоhуйуу. Былыт туhунан наука ейдебулунэн.
- Былыттаах халлаан. Былыттаах халлааны ойуулааhын. Бэйэ куннээ5и оло5ун кытары дьуерэлэhиннэрии.
- Ый олонхо5о ый туhунан хоhуйуу. Ый наука5а.
- Сулус. Сулустаах халлаан. Сулустар сахалыы ааттара. Сулус туhунан научнай быhаарыы ейдебулэ.
- Сулустаах халлаан. Сулустаах халлааны уустаан-ураннаан этии.
- Олонхо5о ыраас халлаан. Дьыл туhэр тэмигэр, айыл5а араас уларыйыытыгар сеп тубэhиннэрэн ыраас халлаан туhунан олонхо уус-уран тыла.
- Им-балай харана. Харана хайдах уескуурэ. Сырдык уонна харана. Им балай харана.
- Халлаан-эттиктэрэ. Олонхо5о кун, ый, сулус туhунан уус-уран этиилэр.
- Тумук -1чаас.
3 кылаас. Орто дойду сирэ-уота (33 чаас)
-
Темалар
- Саха норуотун оло5о-дьаhа5а.
- Иhитэ-хомуоhа, туттар тэрилэ.
- Норуот тылынан уус-уран айымньылара.
- Ырыата-тойуга, терут культурата.
- Олонхо ис хоhооно, тутула. (2 ч.)
- Олонхо ус дойдута.
- Олонхо сурун геройдара. (2 ч.)
- Омсолоох, биhирэмнээх геройдар, тэннээhин.
- Олонхо тыла-еhе.
- Олонхо сирэ-уота, айыл5ата. (2 ч.)
- Бай5ал. Олонхо уус-уран тылынан бай5алы хоhуйуу.
- Муора. Муора ейдебулэ. Олонхо тылынан муораны хоhуйуу.
Наука5а муора туhунан - Ерус. Ерус, урэх туhунан олонхо5о хоhуйуу. Бэйэ тереебут еруhун, урэ5ин уус-уран хоhуйуу. (2 ч.)
- Куел. Олонхо5о куелу хоhуйуу. Бэйэ дойдутун оло5уттан суруйуу.
- Хайа. Олонхо олугуттан хайа арааhын аа5ыы
- Тумул. Олонхо олугунан тумулу хоhуйуу.
- Алаас. Олонхо5о алааhы хоhуйуу. Тереебут туелбэ алаастара.
- Хонуу. Олонхо5о хонууну хоhуйуу. Алаас, хонуу уратытын уус-уран тылынан этии.
- Аал Луук Мас. Ейдебулэ. Олонхо уус-уран тылынан хоhуйуу. (2 ч.)
- Хатын. Хатын маhы олонхо, хоhоон тылынан хоhуйуу. (2 ч.)
- От-мас. Хоhуйуу. Бэйэ дойдутун хоhуйуу.
- Сибэкки. Олонхо тылынан сибэккини ураннык хоhуйуу.
- Кетер кынаттаах. Олонхо5о хоhуйуллар кетер-суурэр арааhа. Тереебут туелбэ кетере-суурэрэ.
- Кыталык. Олонхо5о кыталыгы хоhуйуу. (2 ч.)
- Билиини чинэтии дьарык.
- Тумук.
4 кылаас. Айыы-хаан аймахтара. Кун сирин уустара. (33 чаас)
Ыытыллар кэмэ | Тиэмэтэ | Ис тутула |
Саха норуота | Терут оло5о-дьаhа5а, быстыбат ситимэ. Туттар тэрилэ, дьарыга, иhитэ-хомуоhа. | |
Норуот итэ5элэ, тылынан уус-уран айымньылара. (2 ч.) | Алгыстар, сугуруйуулэр, сиэр-туом. Таабырын, ес хоhооно, чабыр5ах, оhуохай , остуоруйа, олонхо. | |
Норуот чулуулара | Муударай мындыр ей, уран тарбахтаахтара, куустээхтэрэ, быhыйдара, талааннаахтара… | |
Норуот ырыата-тойуга, терут музыката. Хомус | Уескээhинэ, араастара … | |
Ыьыах (2ч.) | Былыргы уонна аныгы ыhыахтар, уратылара, маарыннара. Чаппараах, сэргэ, салама, дэйбиир … | |
Саха танаhа: кыыс, дьахтар танастара. | Араастара, киэргэллэрэ, ааттара.
|
|
Уол о5о, зр киhи сахалыы танаhа | Ааттара, аналлара.
|
|
Олонхо-норуот киэн туттуута. | Олонхо сурун ис хоhооно. Олонхо-аан дойду чулуу айымньыта | |
Олонхоhут. |
Олонхоhут-талба талаан. Саха норуотун чулуу олонхоhуттара. Тереебут туелбэ олонхоhуттара. | |
Олонхону аа5ыы (2 ч.) | Олонхо ис хоhооно, сурун геройдара, ырыата-тойуга. Бухатыырдар, абааhы айма5а, дьон-сэргэ. | |
Олонхо ыала | А5а, ийэ ааттара, о5олоро.Туох уратылаахтара, биир еруттээхтэрэ. | |
Ус дойду | Уэhээ, орто, аллараа дойду ейдебуллэрэ. Олонхо тылынан хоhуйуу, ол дойду олохтоохторо. | |
Уеhээ дойду сирэ–уота, олохтоохторо. | Айыы сирэ, аналлара, алгыстара. | |
Орто дойду дьоно–сэргэтэ, айыл5ата. | Олохторо-дьаhахтара, тэннээн керуу. | |
Аллараа дойду олохтоохторо, сирэ-уота. | Ойуулуур дьуhуннуур тыллар араастара. | |
Тиэргэн. | Ейдебулэ, тутуулара. | |
Ураhа, |
Олонхо5о ураhаны хоhуйуу. Ураhа арааhа. |
|
Бала5ан | Олонхо5о бала5аны хоhуйуу. Бала5ан иhин мала-сала. Орон, кемулуек, иhит-хомуос. | |
Сэргэ | Олонхо уус-уран тылынан сэргэни хоhуйуу. Сэргэ анала, арааhа:Тиэргэн сэргэтэ, ыhыах сэргэтэ. | |
Тойон а5а | Олонхо5о тойон а5аны хоhуйуу. Тойон а5а дьуhунэ, танаhа-саба, майгыта-сигилитэ, ыйааhыннаах тыла-еhе. | |
Хотун ийэ | Олонхо5о хотун ийэни хоhуйуу. Хотун ийэ дьуhунэ, танаhа-саба, майгыта-сигилитэ, дьиэ5э ийэ оруола. | |
Кыыс о5о. Хоhуйуу. | Ыраас кэрэ уобарас. Уус-уран тылынан хоhуйууну билсиhии. | |
Уол о5о барахсан. | Олонхо уран тылынан уол о5ону хоhуйуу. | |
Айыы бухатыыра. Ньургун Боотур | Дьулуруйар Ньургун Боотуру олонхо тылынан хоhуйуу. Дьуhунэ-бодото, майгыта-сигилитэ, бухатыыр танаhа-саба. Айыы дьонун араначчылааччы. | |
Урун уолан | Айыы бухатыыра. Дьуhунэ-бодото, майгыта-сигилитэ. | |
Урун Уолан | Дойдута, бииргэ тереебуттэрэ, урумэччи манан ата. | |
Ньургун Боотур ата. | Киhилии санарар тура5ас хара ата. | |
Абааhы бухатыыра. | Дьуhунэ-бодото, куhа5ан санаата. | |
Атааннаhыы, охсуhуу алдьатыыта. | Утуе, меку еруттэри ырытыы, дьайыыларын толкуйдааhын. | |
Олонхо тумук туhумэ5э. | Хатылааhын, ырытыы, чинэтии. | |
Тумук | Ейтен суруйуу «Мин дойдум - олонхо дойдута.» |